Аҕата Дэниис Петрович Аввакумов сиэнинээн Тимирдиин. 1970 с.
Үөрэх бастыҥа Петя Аввакумов
12.93M
Categories: biographybiography literatureliterature

Петр Денисович Аввакумов

1.

Петр Денисович
Аввакумов
(22.04.1934-29.06.2005)
Үлэни таҥан оҥордулар:
педагог-библиотекарь Тимофеева
Кыдана Ионовна, саха тылын уонна
литературатын учуутала Иванова
Лилиана Прокопьевна, С.Г. Ковров
аатынан Күөрэлээх орто оскуолата
Горнай улуус. [email protected]

2.

• Горнай улууһун
бочуоттаах гражданина;
• прозаик;
• литературнай критик;
• тылбаасчыт;
• Саха Республикатын
культуратын үтүөлээх
үлэһитэ;
• ССРС суруйааччыларын
Союhун чилиэнэ;
• "Чолбон " сурунаал
кылаабынай редактора.

3. Аҕата Дэниис Петрович Аввакумов сиэнинээн Тимирдиин. 1970 с.

Аввакумов Петр Денисович 1934 сыллаахха
муус устар 22 күнүгэр Горнай улууhун Атамай
нэhилиэгэр, холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Аҕата Аввакумов Денис Петрович, ийэтэ
Аввакумова Мария Михайловна иккиэн колхозтаахтар
этилэр. Бииргэ төрөөбүт улахан убайа - Аввакумов
Иннокентий Денисович. Кини советскай оскуоланы
бүтэрбитэ. Быраата Аввакумов Иван Денисович
колхозка, кэлин совхозка биэнсийэҕэ тахсыар диэри
үлэлээбитэ. Оттон балта Аввакумова Варвара
Денисовна
эмиэ өр сылларга колхозка, совхозка
үлэлээбитэ, кэлин райпоҕа рабочайдаабыта..
Ийэтэ Мария Михайловна Аввакумова
улахан уол, Иннокентий оҕотунаан
Быраатынаан Уйбааныын, убайынаан
Иннокентийдыын

4. Үөрэх бастыҥа Петя Аввакумов

Бүөтүр 1942 сыллаахха Октябрьскай нэhилиэгэр Дьөгүөр
Эбэтин алын сүhүөх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Салгыы Атамай 7
кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ.
Үөрэх бастыҥа Петя Аввакумов

5.

Салгыы Атамай 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. Онтон
1950-1953 сылларга Горнай улууhун Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар
үөрэммитэ.

6.

1953-1955 сылларга
пединституту бүтэрбитэ.
Дьокуускай
куоракка
Устудьуон ыччат 1 Маайга.
Хаҥастан: Варя Попова, Петр Аввакумов, Варя Лонгинова,
Кеша Сивцев, Коля Емельянов, Алеша Бубякин,
Сеня Ефремов. 1963 с.
үөрэнэн,

7.

Ытык иэhин толорон, Советскай Аармыйа
Хабаровскай кыраайга ситиhиилээхтик сулууспалаабыта.
Армияҕа бараары сылдьан.
Доҕорунуун, Иннокентий Сивцевтиин. 1955 с.
1957 сыл
кэккэтигэр,

8.

Сулууспаттан эргиллэн кэлэн, 1958 сыллаахха Кэптин сэттэ
кылаастаах оскуолатыгар начальнай кылаас учууталынан үлэлээбитэ.
Үһүс кылаас үөрэнээччилэрин кытта. Кэптин. 1959 с.

9.

1959-1964 сыллардаахха - Дьокуускайдаа5ы государственнай
университет ИФФ саха тылын уонна литературатын салаатын студена.
1966 сылтан "Эдэр коммунист" хаhыакка "Пропаганда уонна агитация"
отделын редакторынан үлэлиир.
Петр бастаан "Эдэр коммунист" хаhыакка сотруднигынан, онтон
Саха сиринээ5и кинигэ издательствотыгар
уус-уран литература5а
ыстаарсай редакторынан, сибиэдиссэйинэн ситиhиилээхтик үлэлээбитэ.
Саха сирин суруйааччыларын VI съеһигэр, 1965 с.
«Эдэр коммунист» хаһыат коллектива, 1973 с.

10.

Петр Денисович Аввакумов литература5а 60-с сыллар
бүтүүлэригэр "Унаар күөх хочо5о" (1969с.) диэн нарын-намчы тыллаахөстөөх, Ийэ дойдуга итии таптал уотунан угуттаммыт лирическэй
кинигэтинэн
киирбитэ.
Онтон
ыла
утумнаахтык
үлэлээн:
"Кэрчиктэр"(1971с),
"Тимка улаатар"(1973с),
"Окко түспүт
оңоhуум"(1975 с),
"Сир симэ5э" (1976),
"Төрөөбүт буор
сылааhа"(1978с.), "Ол маннык этэ"(1980с.), "Балыс" (1981 с) "Киhи
суола" (1986с), " Улуу сыhыы"(1992), "Өлбүт өтөхтөр" (1996с.),
"Күннэр-дьыллар" (2000с.), "Дьыл5а суола" (2000с), " Одурууннаах орто
дойду" (2003) уо.д.а. кинигэлэрин бэчээттэппитэ.

11.

1980с. РФ Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. Уларыта тутуу
бастакы сылларыгар П.Д. Аввакумов күүскэ дьаныһан туран
публицистика жанрыгар үлэлээбитэ. Итини таһынан Петр Денисович
уус-уран тылбаас жанрыгар утумнаахтык дьарыктаммыта. Кини ордук
үлүһүйэн Хотугу норуоттар суруйааччылара Платон Ламутскай, Семен
Курилов айымньыларын тылбаастаабыта.

12.

1983 сылга П.Д. Аввакумов «Чолбон» сурунаал
редакциятыгар
критика
уонна
библиография
отделын
редакторынан, кэлин эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ.
1997 сылтан кини солбуллубат кылаабынай редакторынан
үлэлээбитэ.

13.

Саха литературатын ситиһиилэрин
сырдатыыга хорутулаахтык үлэлээбитэ,
радионан
уонна
телевидениенэн
биэриилэргэ
элбэхтик
кыттара,
демократияны, Саха сирин социальнай
уонна
экономическай
суверенитетын
сырдаатыыга элбэх сыратын биэрбитэ,
народнай суруйааччылар Семен уонна
Софрон Даниловтар сырдык ааттарын
үйэтитиинэн
дьарыктаммыта.
Петр
Денисович нуучча автордарын уонна Хоту
дойду суруйааччыларын айымньыларын
сахалыы тылбаастаабыта, Библия Кэс
тылын тылбаастааһыңңа кыттыбыта.
2005 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр
Аввакумов Петр Денисович 72 сааһыгар
сылдьан, ыараханнык ыалдьан биһиги
кэккэбититтэн өлөн туораабыта.
English     Русский Rules