Similar presentations:
Саха народнай поэта П.Н. Тобуруокап 100 сааһыгар
1.
Саха народнай поэтаП.Н. Тобуруокап
100 сааһыгар
Хобусаров Софрон Романович
Үөһээ Бүлүү улууһун
Г.Н. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала
2.
КҮНДҮТТЭНКҮНДҮНҮ ОЛОҔУ
ТУОЙБУТУМ
ПЕТР НИКОЛАЕВИЧ
ТОБУРУОКАП
3.
Петр Николаевич Тобуруокап 1917 с. алтынньы 25күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр
(бэйэтэ суруйбутунан Өлөкөөн диэн Тоҥуо Куону
диэн Өргүөт сиригэр, быһа холоон алтынньы
ортотугар) булчут Ньукулай Тобуроков уонна
Евдокия
Ксенофонтовна
Иванова
(Улахан
Огдооччуйа) дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон
төрөөбүтэ. Биэһигэр 1922 с. төрөппүттэрэ оҕолорун
үөрэттэрээри ийэтин дьоно олорор сирдэригэр
Ороһуга көспүттэр. Уол аҕатын батан сааһыт,
туһахчыт, тууһут, илимньит, мындыр булчут буола
улааппыт.
“Тыаллаахха, тымныыга, муус күһүн, хаардаах күн
Төрөөбүт үһүбүн биир дууһа, биир киһи, биир саха –
Мин”
4.
Тобуруокап төрдө-ууһа5.
Тобуруокаптар дьиэ кэргэнАҕата Николай Петрович
Ийэтэ Евдокия Ксенофонтовна
6.
Бу манна кинини көрүстүмАлааска күн саҥа тахсыыта.
Сүрэҕим, бу тоҕо мөҕүстүҥ?
Арааһа, таптаатым быһыыта!
7.
Евгения Васильевна уонна Петр Николаевич1941 с. ыал буолбуттара.
52 сыл устата бииргэ олорбуттара.
Бэйэбит кистэһэн бигэ тыл бэрсиһиэх:
Эһиилин иккиэммит, иккиэммит тиийиэхпит!
8.
Тобуруокаптар дьиэ кэргэнТураллар: Тимофей, Игнатий.
Петр кыра быраатын Николайы көтөҕөн олорор.
1937 сыл
9.
Тобуруокаптар дьиэ кэргэнТобуруокаптар
3
оҕолоохтор:
Любовь
Петровна
музыкальнай үөрэхтээх, Саргылана Петровна идэтинэн
география учуутала, Александр Петрович идэтинэн үрдүк
үөрэхтээх биолог
10.
Тобуруокаптар дьиэ кэргэнКыыстара Саргылана Петровна, күтүөттэрэ
Дмитрий Федосеевич Наумовтар
дьиэ кэргэттэринээн
11.
ПетрНиколаевич
Тобуруокап
аан
маҥнайгы хоһооно 1934 с. төрөөбүт
улууһун
Үөһээ
Бүлүү
хаһыатыгар
бэчээттэммитэ. Оччоттооҕуга кини 17
саастааҕа,
Бүлүү
педагогическай
училищетыгар үөрэнэрэ. 1937 сыллаахха
училищены
бүтэриэҕиттэн,
улууһугар
учууталынан, директорынан айымньылаах
үлэтэ саҕаламмыта.
12.
Хоһоон диэн маҥнайгы ньургуһунНарына нарыннаах буолуохтаах,
Хоһоон диэн олоҥхо аал дуубун
Модуна модуннаах буолуохтаах.
Хоһоон туһунан
13.
«Поэзия диэн дууһа хамсааһынын,үөрүүтүн-көтүүтүн
эбэтэр
хомолтотун-хоргутуутун,
санньыйыытын-мунчаарыытын
көстүүтэ буоллаҕына, ол хамсааһын
ханнык
да
киһини
тумнуон
сатаммат».
Итинник үрдүк көрдөбүлгэ, өйдөбүлгэ хардарар
гына Петр Тобуруокап олоҕун устатын тухары
айбыта-туппута, төрөөбүт тыл муҥура суох
кыаҕын, эриэккэс баайын арыйбыта.
14.
БУОЙУНБЭЙИЭТ1942-43 сылларга, Аҕа дойду
сэриитигэр
ыҥырыллан,
Сталинградскай
фроҥҥа
пулеметчигынан
сылдьан,
Ийэ
дойдутун иннигэр ытык иэһин
чиэстээхтик толорбута.
Биэс дойду суолларын
Күдэнин кэспитим,
Биир быыкаа котелок
Бараммат хааһытын сиэбитим.
«Мин саллаат этим»
15.
Туобуйа, 1942 сылДорооболоруҥ, бухатыыр доҕотторум,
Эһиги бу турар эбиккит!
Өлүүнү кыайан, өлбөт үйэлэнэ,
Үйэлэргэ үтүөнү бигэргэтэ.
«Таас буолан тиллибиттэр»
16.
Өлбөт-сүппэт үс ырыаныАйан кээһиим арай мин,
Үс Айыы Ньургун Боотурдарын
Төрөппүттүү саныам этэ.
17.
Тобуруокаптылларыгар
суруллубут
ырыалары
манньыйа истибэтэх, олоҕун
усталаах туоратыгар көхсүн
иһигэр киҥинэйэн ыллаабатах
аныгы саха баара буолуо дуо?
Петр Николаевич хоһоонноругар барыта 400 кэриҥэ ырыа
айыллыбыта. Никифоров Георгий Максимович, Аркадий Михайлович
Алексеев, Егор Михайлович Поликарпов, Николай Иванович
Бойлохов, Мария Игнатьевна Константинова, Гавриил Давыдович
Кысылбаиков, Виктор Иванович Никаноров уо. д. а. дьон-сэргэ уостан
туһэрбэт үгүс ырыаларын айбыттара.
18.
ХристофорМаксимов
(04.08.1917 – 03.23.1980)
Саха АССР үтүөлээх артыыһа
(1958)
Саха АССР норуодунай
артыыһа (1962)
19.
Доҕордоһуу тойугаХ. Максимов мелодията
Доҕордуу дьоҥҥо
Үөрэнэр көхтөөх,
Доҕордуу дьоҥҥо
Сынньанар көрдөөх.
20.
АркадийМихайлович
Алексеев
1937 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Майа
сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ
«Тобуруокап тапталы төкүнүтэ сылдьан туойбут бэйиэт буолар»
Саха норуодунай артыыһа
Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ (1977)
Саха Сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ (2004)
21.
Маҥан мастарА. Алексеев мелодията
Маҥан мастар, мааны мастар –
Хоҥкуй-нуоҕай хатыҥнар,
Хопто мастар, холууп мастар,
Үҥкүүһүт хатыҥнар.
22.
БойлоховНиколай Иванович
(10.03.1929—11.06.1988)
«Культура туйгуна»
бэлиэ (1987)
«Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл
23.
ХатыҥН. Бойлохов мелодията
Ырыаҕа ылламмыт,
Хоһооҥҥо холбоммут
Маҥанчаан хатыҥым
Мааныгын даҕаны!
24.
НикифоровГеоргий
Максимович
(05.05.1926 – 10.12.1976)
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа
25.
Көтөн тахсыҥ, кыталыктар!Г. Никифоров мелодията
Маҥан солко былаатынан
Мааны кыыстыы далбаатанан,
Көмүс хайа кырыытыгар
Көтөн тахсыҥ, кыталыктар!
26.
КонстантиноваМария
Игнатьевна –
Эдьиий Морууса
Самодеятельнай композитор
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,
«Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына
27.
БаяммарМ. Константинова мелодията
Кылы-кылы-кылыбырай!
Тылы-тылы-тылыбырай!
Үрдүү-намтыы күөрэлдьитиий,
Үөрэ-көтө дьиэрэһитиий!
28.
Ааҕааччылардыынкөрсүһүү
Дьон өрүү таптаан, уура сылдьар
Үс томун арай биэриим,
Биир бэйэм үс дууһалаах,
Үс үйэлээх буолуо этим.