Петр Николаевич Тобурокап
Бүөтүр Тобуруокап  (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957 с.) Петр
Айар үлэтэ
Библиография
Ырыалара
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
8.88M
Categories: biographybiography literatureliterature

Петр Николаевич Тобурокап

1. Петр Николаевич Тобурокап

Саха суруйааччыта, Саха норуодунай поэта,
оҕолорго аналлаах саха литературатын классига
Улуу сэрии кыттыылааҕа

2. Бүөтүр Тобуруокап  (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957 с.) Петр

Бүөтүр Тобуруокап
(25.10.1917—06.03.2001)
— саха норуодунай поэта,
ССРС суруйааччыларын
Сойууһун чилиэнэ (1957 с.)
Петр Николаевич Тобуроков
литератураҕа киирбит аата.

3.

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр (бэйэтэ
суруйбутунан Өлөкөөн диэн Тоҥуо Куону диэн Өргүөт
сиригэр, быһа холоон алтынньы ортотугар) булчут
Ньукулай Тобуроков уонна Евдокия Ксенофонтовна
Иванова (Улахан Огдооччуйа) дьиэ кэргэннэригэр
бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Биэһигэр 1922 с.
төрөппүттэрэ оҕолорун үөрэттэрээри ийэтин дьоно
олорор сирдэригэр Ороһуга көспүттэр. Уол аҕатын
батан сааһыт, туһахчыт, тууһут, илимньит, мындыр
булчут буола улааппыт.
Ааҕарга өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн таайа
Василий Кустуктуурап үөрэппит.

4.

• 1928 оскуолаҕа Куорамыкыга (Үөһээ Бүлүү киинигэр)
бастакы кылааска үөрэнэ киирэр. Сотору буолаат бастакы
кылаас программатын билэр буолан иккис кылааска
көһөрүллэр.
• 1933 сыл кыһыныгар-сааһыгар төрөппүттэрэ уонна кыра
биэстээх балта хара буоспаҕа ылларан ыараханнык
ыалдьаллар, Бүөтүр прививкалаах буолан тура сылдьан
ыарыыны аһарар. Балта бу ыарыыттан өлөр.
• Холкуостаах ыччат оскуолатыгар (Школа колхозной
молодежи) үөрэнэр сылларыгар бастакы айымньыларын
суруйбут эбит. Бу кэмҥэ таайа журналист Кустуктуров
Василий Ксенофонтович сабыдыала улахан этэ.

5.

*
1934—1937 сылларга Бүлүүтээҕи учуутал техникумугар
үөрэнэр. Онно райкомол секретара М. Т. Васильев
сорудаҕынан киирбит.
*
Киирбит сылыгар (1935?) бастакы хоһооно бэчээккэ тахсар
(«Колхуостаах Балбаара хоһооно»).
*
1937 сылтан кэргэнэ Евгения Васильевна Ноговицыналыын
Дүллүкү, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр учууталлаабыттара.
*
1941 сыллаахха Тойоку ситэтэ суох оскуолатыгар дириэктэр.
*
1942 сыл сааһа — Туобуйаҕа партия райкомун уонна
райисполкомун бэрэстэбиитэлинэн ананан 42 киһини армияҕа
хомуйан киирбит уонна хомуйан киирбит дьонун кытта бэс
ыйын 22 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыт. Фроҥҥа барарга 4
төгүл көрдөһүү түһэрбитэ биллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр
кыттыбыта, Сталинград фронугар сылдьыбыта, наводчикпулеметчик этэ. Тохтобул кэмигэр агитатордыыра,
листовкалары тарҕатара, саллааттар санааларын өрө көтөҕөрө.

6.

7.

* Оскуолаҕа учууталынан, директорынан үлэлээбитэ. Москва
куорат М. А. Горький литературнай институтугар старшай
преподавателынан, айар семинардар салайааччыта этэ.
* «Эйэ уонна үлэ», «Төрөөбүт дойдубар» диэн
хомуурунньуктара улахан биллиини аҕалбыттара.

8. Айар үлэтэ

Бастакы айымньытынан ааҕыллар «Колхозтаах Балбаара
хоһооно» Бүлүү улууһун «Колхоз суола» хаһыатыгар 1934 с.
бэчээттэммитэ.
Сэриигэ төһө да ыарахан усулуобуйаҕа сырыттар,
хоһооннорун ыытан, «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэрэ.
Сэрии кэнниттэн учуутал Тобуроков саха литературатыгар
оҕо суруйааччытын быһыытынан биллибитэ.
1947 с. Өктөөп 30 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи
куонкуруска кыттыыта улахан оруоллаах этэ. Онно кини
«Буукубалар мунньахтара» поэмата уонна «Лыах»
кэпсээнэ бастакы бириэмийэни ылбыттара.

9. Библиография


1. «Буквалар мунньахтара» 1948г.
2. «Улэ, эйэ дойдутугар» 1953г.
3. «Тереебут дойдубар» 1956г.
4. «На берегах Вилюя» 1957г.
5. «Чаный ча5аан» 1959г.
6. «Лыах» 1960г.
7. «Кыталыктар кырдаллара» 1960г.
8. «Манан тиин» 1961г.
9. «Буквалар мунньахтара» 2-е изд. 1961.
10. «Хаар кыымнара» 1962г.
«Ытанньах герой буолбат»1964г

10.


11. «Цветы на снегу» 1966г.
12. Избранное( на якутском яыке) 1967.
13. «Тиэргэннээ5и зоопарк» 1969.
14. «Чыычаахтар куну керселлер» 1970.
15. «Бур5аллай» 1973г.
16. «Ытар5алаах кун» 1974г.
17. «Тынырахтаах тыллар» 1976г.
18. «Искры снега» 1976г.
19. «Талыллыбыт айымньылар» 1977г.
20. «Харас»(перевод стих-й С.Есенина)
21. «Чабыр5ах азбука» 1979г.
22. «Сиибиктэ» 1978.
23. «Тыа5а олорон» 1981.
24. «Туллай» 1982г.
25. «Хомустаах куерэгэй» 1983г.
26. «Стерхи над Леной» 1983г.
«Сайын ханна барабын» 1985г

11.


27. «Сор уонна дьол» (поэма)1985г.
28. «Куннуун оонньуур куерэгэйдэр» 1986г.
29. «Эрэдэьиннэр» 1987г.
30. «Таас кэлии, тимир со5ох» 1989г.
31. «Долгунча»пьесалар 1993г.
32. «Туунну кыыс» 1994г
33. «Илии тутуурдаах» 1994г.
34. «Текунук» 1996г.
35. «Мутукча сыта» 1996г.
36. «Оччоттон бачча5а» 1997г.
37. «Таптаатым, эйигин таптаатым » 1999г.
38. «Хоьооннор.Сэьэн. Кэпсээннэр» 2007 серия «саха суруйааччылара
о5олорго»
39.«Айымньылар»т1. 2010. Серия «Саха народнай суруйааччылара».
40. «Айымньылар»т.2.2013.

12.

13.

14.

15. Ырыалара

• Ырыалар музыкаларын айбыт композитордары, мелодистары
Бүөтүр Тобуруокап бэйэтин күндү доҕотторунан ааттыыра. Грант
Григоряны кытта чугастык билсэрэ. З. Степановтыын бииргэ
оперетта айан тураллар. Христофор Максимовы, Георгий
Никифоровы кытары уһуннук көрсүспэтэҕинэ ахтыһар,
суохтаһар атастара-доҕотторо этилэр. Кэлин А. М. Алексеевы,
Е. М. Поликарповы, Н. И. Бойлоховы, М. И. Константинованы, Г.
Д. Кысылбаиковы, В. И. Никаноровы кытта чугастык билсибитэ.
Петр Николаевич мэлдьи этэр буолара: «Поэт композиторы
кытта бииргэ үлэлиирэ үчүгэй, ол ырыа үөскүүрүгэр
булгуччулаах кэриэтэ усулуобуйа буолар», — диэн. Ырыа тылын
суруйар поэт саҥа ырыаны мэлдьи ис ритмҥэ олоҕуран, онно
сөптөөх тыллаан, дорҕоону дьүөрэлээн суруйуохтаах диирэ.

16.

Г. Григорян
З. Степанов
Х. Максимов

17. Наҕараадалара уонна ытык ааттара

• Саха норуодунай поэта
• Аҕа дойдуну көмүскуур сэрии 2-с
степеннээх уордьана (06.04.1985)
• «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан
(23.10.1987)
• «Бочуот Знага» уордьан
• Саха Республикатын культуратын
үтүөлээх үлэһитэ
English     Русский Rules